Elige una pista para reproducir
Долгуйабын күүтэбин эрэнэбин
Эйигин көрсүөм диэн
Түүл түhээн көрөн кыталык доҕоруом
Күөх түүлүм сыhыытын тумнума
Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан
Олохпун эйиэхэ эрэ анаан
Билиэм булларбын харахтаргыттан
Эн мин сүрэҕпин, олус кыҥаа
Эйигин көрөбүн сөбүлээн
Эйигин эрэ мин таптаан
Олохпун эйиэхэ мин аныыбын
Олус күүскэ мин таптыыбын
Субу аттыгар мин баар буолуом
Таптал туһугар аламай таас булуом
Олус эйэҕэс мичээргинэн
Барыта улаҕан эрэйинэн
Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан
Олохпун эйиэхэ эрэ анаан
Билиэм булларбын харахтаргыттан
Эн мин сүрэҕпин, олус кыҥаа
Саҥа күн, саҥа олох
Бары күннэр биир курдук
Солбуттан халыйбатарбын
Миэхэ күүстэ ук
Атахпар туран барыам
Айыылартан сүбэ ылыам
Туох баар үөрүүгүн миэхэ кэпсээ
Эйигин мин истиэм
Мэник холук тыал буолан көрдүү көтүөм
Мин дууhам күннээйигин
Сарсыарда уhуктуохпун баҕарбаппын
Күөх түүлүм алыбар ылларан
Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан
Олохпун эйиэхэ эрэ анаан
Билиэм булларбын харахтаргыттан
Эн мин сүрэҕпин, олус кыҥаа